Өрүс
From Wikipedia, the free encyclopedia
Өрүс — айылҕа оҥорбут куруук баар сүнньүнэн уста сытар уу сүүрүгэ. Уутун өрүс тардыыта (бассейна) диэн ааттанар сиртэн сир аннынан уонна үрдүнэн кэлэр сүүрээннэртэн ылар. Байҕалга, күөлгэ эбэтэр атын өрүскэ түhэр, сорох өрүстэр ардыгар (сыл кэмиттэн тутулуктаах) ханна да түспэккэ симэлийэн хаалаллар.
Өрүстэр икки улахан бөлөххө хайдаллар: хайа Ө-тэрэ түргэн сүүрүктээх, кыараҕас буолан баран дириҥ хочолоох, уһаты быһыыта олох тэҥэ суох буолаллар; дэхси сир Ө-рэ бытаан сүүрүктээхтэр, сиппит хочолоохтор.